Сэтинньи 26 күнүгэр туох буолбут эбитий?ХНТ — Бигэ көлө аан дойдутааҕы күнэ (Всемирный день устойчивого транспорта)
🇲🇳 Монголия — Өрөспүүбүлүкэ күнэ
🔸 Абхазия Өрөспүүбүлүкэтэ (Грузияттан тутулуга суоҕун биллэрбит эрээри, аан дойдуга билиннэ илик дойду) — Конституция күнэ
🇮🇳 Ииндийэ — Конституция күнэ
🌏 Аан дойдутааҕы информация күнэ. 1994 сыллаахтан Информатизация аан дойдутааҕы акадьыамыйата бэлиэтиир[1].
🔹 1394 — Сеул Кэриэйэ киин куората буолбут.
🔹 1812 — Березина диэн өрүс таһыгар нуучча сэриитэ Арассыыйаттан тэскилээн иһэр французтары кыргыбыт. Өрүһү туорааһыҥҥа французтар өттүлэриттэн элбэх көннөрү, саллаат буолбатах дьон, дьахталлар уонна оҕолор өлбүттэрэ.
🔹 1924 — Монголия Народнай Өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэммит — аан дойдуга иккис социалистыы судаарыстыба.
🔹 1939 — Майнилатааҕы түбэлтэ. Майнила диэн сэбиэскэй дэриэбинэ аттыгар сылдьыбыт саллааттары Финляндия өттүттэн пушканнан ытыалаабыттарыгар күтүрээбиттэр. Фииннэр билиммэтэхтэр, кыраныыссаҕа пушкабыт да суох диэбиттэр, силиэстийэ ыытарга модьуйбуттар, Сэбиэскэй бырабыыталыстыба онтон батыммыт уонна түөрт хонугунан сэриини биллэрбит.
🔹 1992 — Арассыыйаҕа хостонор алмааһы кыраныысса таһыгар «Арассыыйа-Саха алмаастара» эрэ атыылыахтаахтарын туһунан ыйаах тахсыбыт.
🔹 1994 — Чэчиэн оппозициятын (Умар Автурханов салайааччылаах Чэчиэн өрөспүүбүлүкэтин быстах кэмнээҕи сэбиэтэ) этэрээттэрэ Грознайы ыла сатаабыттара табыллыбатах.
🔹 2002 — Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Москуба бырабыыталыстыбалара атыы-эргиэн, наука-техникэ уонна култуура эйгэлэригэр 2002—2006 сылларга бииргэ үлэлиир туһунан сөбүлэҥҥэ илии баттаабыттар.
🔹 2003 — "Сахабилиибанк" лиссиэнсийэтэ ууратыллыбыт.
🔹 2008 — Ил Түмэн уурааҕынан Эдьигээн улууһа "эбэҥки национальнай улууһа" диэн стаатустаммыт.
🔹 Бүгүн ахтыллар дьон:
Төрөөбүттэр:
▫️1887 — Григорий Попов — Саха сиригэр Өктөмҥө төрөөбүт нуучча аҕабыыта, богословие билимин хандьыдаата (1917 көмүскээбит), уопсастыбаннай диэйэтэл (1942 өлб.).
▫️1902 — Герасим Бястинов – Бэс Дьарааһын — прозаик, очеркист (1934 өлб.). Кини аатын Таатта улууһун Чымнаайы орто оскуолата сүгэр.
▫️1912 — Матвей Спиридонов — горняк, "Якутзолото" холбоһук начаалынньыга, Социалистыы Үлэ Дьоруойа (1993 өлб.).
Өлбүт:
▫️1964 — Кирилл Горохов (22.07.1928 төр.) — Саха Сирин өрөбөлүүссүйэ иннинээҕи устуоруйатын, аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар устуоруйаларын чинчийбит учуонай, устуоруйа билимин хандьыдаата.
🔹 Халандаары манна сиһилии көрүөххэ сөп.
Сэҥээриктэ тал:
🕊 – өскөтө урут истибэтэххин аахпыт буоллаххына
🔥 – урут истибиккин санаппыт буоллахпытына
👍🏻 – көннөрү сөбүлээбиккин биллэрэн
Биики Халандаар | Сурут | Ырыт
Wikipedia
Монголия
Монгол Улус, Моҕол Сирэ (монг. Монгол улс) диэн Киин Азия дойдута. Арассыыйа уонна Кытай икки ардыларыгар баар. Киин куората — Улаанбаатар. Байҕалга тахсыыта суох.
❤2👍2🔥1🕊1
Сэтинньи 27 күнүгэр туох буолбут эбитий?🇷🇺 Арассыыйа — Байҕал пехотатын күнэ. Бүөтүр I ыраахтааҕы дойдуга бастакы «байҕал саллааттарын полкатын» туһунан ыйааҕа 1705 сыл урукку истиилинэн сэтинньи 16 күнүгэр, аныгынан бүгүн тахсыбыт.
🇬🇧 Улуу Британия — Ланкашир күнэ. 1295 сыллаахха Ланкашир графство бэйэтин бэрэстэбиитэллэрин Англия түмэнигэр ыыппыт
🇪🇸 Испания — Учуутал күнэ
🇱🇰 Шри-Ланка — Маавирар Наал (Улуу дьоруойдар күннэрэ). Бу күнү дойду хоту өттүгэр олорор тамил омуктар бэлиэтииллэр. Бырабыыталыстыбаны утары сэриилэспит дьон кэриэһигэр бэлиэтэнэр буолан бобулла сылдьыбыта, 2016 сыллаахха бобууну сымнаппыттара.
🔹 1671 — Степан Разин өрө туруута түмүктэммит: бырабыыталыстыба сэриилэрэ өрө турааччылар киин куораттарын Астраханы ылбыттар.
🔹 1815 — Польша Хоруоллуга көнүстүүссүйэ ылыммыт.
🔹 1895 —Динэмиити айбыт швед хиимигэ Альфред Нобель кэриэһин эппит. Кини муспут баайын үксэ билим арыйыыларын уонна аан дойдуга эйэни бөҕөргөппүт дьону бэлиэтиир Нобель бириэмийэтин пуондатыгар киирбит.
🔹1942 — Аан дойду иккис сэриитэ: Тулон куоракка Франция флота "ньиэмэстэргэ тиксибэтин" диэн байыаннай хараабылларын уонна подводнай лодкаларын тимирдибит.
🔹1971 — Марс орбитатыгар көтө сылдьар сэбиэскэй "Марс-2" хараабыл планета ньууругар аппараат түһэрбит. Сатаммакка үлтү түспүтэ эрээри, аппараат Марс ньуурун булбут киһи оҥорбут бастакы эттигэ буолбута.
🔹1997 — Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын №515 уурааҕынан эркээйи сирдэр тэриллибиттэр. Олор истэригэр Хаҥалас улууһугар баар "Дьороно", Абый улууһугар баар "Сайылык", Алдан улууһугар баар "Үөһээ Амма" диэн заказниктар саҥа статус ылбыттар.
🔹2001 — Хаббл телескоп Осирис (HD 209458 b) диэн экзопланетаҕа водородтан турар атмосфера булбут. Атын сулустар тастарыгар баар экзопланеталарга бастакытын атмосфера булуллубут. Осирис Күнтэн 153 сырдык сыл ыраах баар Юпитерга майгынныыр итии планета буолар.
🔹2006 — Канаада түмэнэ Квебек наассыйатын билиммит. Канаада бу арҕаа эрэгийиэнигэр былыр Францияттан көспүт дьон сыдьааннара олороллор.
🔹 Бүгүн ахтыллар дьон:
Төрөөбүттэр:
▫️1889 — Николай Желобцов — Өрөбөлүүссүйэ иннинэ Германияҕа тиийэ үөрэммит техническэй хайысхаҕа саха бастакы инженерэ.
▫️1965 — Альберт Кувезин — тыва гитариһа уонна ырыаһыта, тывалыы хоомэй уонна хабарҕа ырыатын маастара (истиилэ — каргыраа). Тыва өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа.
▫️1971 — Хабаровскайга Герман Контоев, тустуук — аан дойду чөмпүйүөнэ (София, 2001), Европа үрүҥ көмүс призера (1998).
Өлбүттэр:
▫️1978 — Сэмэн Данилов — саха норуодунай бэйиэтэ, прозаик, тылбаасчыт, кириитик, М. Горькай аатынан РСФСР Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ.
▫️1996 — Василий Яковлев - Далан — Саха норуодунай суруйааччыта, биллиилээх прозаик, педагогика билимин хандьыдаата. Сүрүн айымньылара: «Дьикти саас», «Тулаайах оҕо», «Тыгын Дархан» уо.д.а.
🔹 Халандаары манна сиһилии көрүөххэ сөп.
Сэҥээриктэ тал:
🕊 – өскөтө урут истибэтэххин аахпыт буоллаххына
🔥 – урут истибиккин санаппыт буоллахпытына
👍🏻 – көннөрү сөбүлээбиккин биллэрэн
Биики Халандаар | Сурут | Ырыт
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Wikipedia
Саха Сирэ
Саха сирэ, толору аата — Саха Өрөспүүбүлүкэтэ (кылгатыллыбыт аата — СӨ; нууч. Республика Саха (Якутия), кылгаһа — РС(Я)), — Арассыыйа Федерациятын субъега, кини састаабыгар киирэр өрөспүүбүлүкэ. Уһук Илин федеральнай уокуругугар уонна экономическэй оройуонугар…
👍3🕊2❤1🔥1
Бу күннэргэ Италия куоратын мээрэ Туула үөрэнээччитигэр кэлэ сырытта 12 саастаах Арсений Новоселов Италия Градара куоратын былыргы кириэппэһин туһунан оскуолатааҕы бырайыак оҥорбут. Кини ол куорат олохтоох дьаһалтатын электроннай почтатыгар эргэ каарталары уонна хаартыскалары ыыталларыгар көрдөһөн суруйбут.
Уолга куорат мээрэ Филиппо Гаспери бэйэтинэн эппиэттээбит уонна Москубаҕа буолар форумҥа кэлиэм, онно көрсүөххэ диэбит.
Сэтинньи 23 күнүгэр мээр көрдөһүүлээх матырыйааллары барытын аҕалан биэрбит, оттон кэлин Туулаҕа тиийэн Арсений оскуолатыгар, Туула кириэмилигэр уонна Яснай Полянаҕа сылдьыбыт.
Италияҕа төннөрүгэр кини салабаар, бирээнньик уонна пастила кэһиилээх барбыт, ону таһынан оҕолору бэйэтин дойдутугар ыалдьыттата ыҥырбыт.
Доҕоттоор, кыраайы үөрэтэргэ оҕолоргутун угуйуҥ, Италияҕа сурукта суруйуҥ! 😂😂😂
Биики Халандаар | Сурут | Ырыт
👏2
СӨ үтүөлээх худуоһунньуга диэн ытык аат аан бастаан иҥэрилиннэБэҕэһээ 2026 сыл сэтинньи 26 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх худуоһунньуга диэн аат устуоруйаҕа аан бастаан Иннокентий Корякиҥҥа иҥэрилиннэ.
Худуоһунньуктар сойуустарын бэрэстээтэлэ Ольга Скорикова эппитинэн, бу ытык аат олохтонуутун 1997 сылтан ситиһэ сатаабыттар. Кэмниэ кэнэҕэс, бы сыл алтынньытыгар Ил Түмэн балаһыанньаны бигэргэтэн, анал уураах таһаарбыт.
Иннокентий Иннокентьевич Корякин Таатта Харбалааҕар сэбиэскэй худуоһунньук Иннокентий Дмитриевич Корякин дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Хартыыналарын тиэмэтэ – саха төрүт эйгэтэ, сиэрэ-туома, ыра санаата.
Эҕэрдэ бастыҥа!
Биики Халандаар | Сурут | Ырыт
👏4
✝ Билигин туһанар халандаарбыт ханнык күнтэн саҕалыахтааҕын толкуйдаабыт Дионисий Кырачаан туһунан ыстатыйаны ааҕыҥ: https://sah.wikipedia.org/wiki/Дионисий_Кырачаан
Тупсаран биэриэххитин сөп. Тута, бэлиэтэммэккэ (анонимно).
Тупсаран биэриэххитин сөп. Тута, бэлиэтэммэккэ (анонимно).
Wikipedia
Дионисий Кырачаан
Дионисий Кырачаан (эбэтэр Дионисий Сэмэй, лат. Dionysius Exiguus; 470 эбэтэр 475 сыл эргин, Аччыгый Скифия — 544 эбэтэр 556 сыл эргин, Рим) — Рим манааҕа уонна аббата, учуонай, тылбаасчыт, таҥара дьиэтин быраабын чинчийээччи (канонист). Билиҥҥи биһиги эрабыт…
👍3
🛰 Сиртэн биир сырдык күнэ ырааҕар тэйбит «Вояджер-1» дааннайдары ыытарын тохтотто
NASA космоска ыыппыт зонда Сиргэ иһитиннэриилэри ыыппат буолбут — билигин кураанах радиосигналы эрэ биэрэр.
🔹 Төрүөтэ: Борт көмпүүтэрэ алдьаныыта буолуон сөп. 2023 сыллаахха эмиэ итинник буолбута, ону исписэлиистэр моһуоктаах чииби арааран чөлүгэр түһэрбиттэрэ.
🔹 Сибээс харгыһа: Алдьаныы сэтинньи 14 күнүгэр биллибит. Аппарат наһаа ыраах баар буолан, биир хамаанда тиийэригэр 24 чаас, хоруйа кэлэригэр өссө биир суукка барар.
🔹 Устуоруйаҕа рекорд: Аҕыйах хонуктаахха, 2026 сыл сэтинньи 18 күнүгэр «Вояджер-1» Сиртэн биир сырдык күнэ ырааҕар тиийбит бастакы киһи оҥорбут эбийиэгэ буолбута.
💡 Сырдык күнэ диэн сырдык 24 чаас иһигэр барар ырааҕа — бу 25,9 миллиард килэмиэтир кэриҥэ. Ол аата биир сырдык чааһа 1,08 млрд км кэриҥэ.
#космос #сонуннар #Вояджер1
NASA космоска ыыппыт зонда Сиргэ иһитиннэриилэри ыыппат буолбут — билигин кураанах радиосигналы эрэ биэрэр.
🔹 Төрүөтэ: Борт көмпүүтэрэ алдьаныыта буолуон сөп. 2023 сыллаахха эмиэ итинник буолбута, ону исписэлиистэр моһуоктаах чииби арааран чөлүгэр түһэрбиттэрэ.
🔹 Сибээс харгыһа: Алдьаныы сэтинньи 14 күнүгэр биллибит. Аппарат наһаа ыраах баар буолан, биир хамаанда тиийэригэр 24 чаас, хоруйа кэлэригэр өссө биир суукка барар.
🔹 Устуоруйаҕа рекорд: Аҕыйах хонуктаахха, 2026 сыл сэтинньи 18 күнүгэр «Вояджер-1» Сиртэн биир сырдык күнэ ырааҕар тиийбит бастакы киһи оҥорбут эбийиэгэ буолбута.
💡 Сырдык күнэ диэн сырдык 24 чаас иһигэр барар ырааҕа — бу 25,9 миллиард килэмиэтир кэриҥэ. Ол аата биир сырдык чааһа 1,08 млрд км кэриҥэ.
#космос #сонуннар #Вояджер1
🔥1🆒1
Сэтинньи 28 күнүгэр туох буолбут эбитий?🇦🇱 Албания — Тутулуга суох буолуу күнэ[1] (1912); сороҕор Былаах күнэ дииллэр[1]. 1912 сыллаахха Туурсуйаттан тутулуга суох буолууну бэлиэтииллэр. 1443 сыллаахха Скандербег бастакы былааҕы көтөхпүт. 1998 сыллаахха саҥа конституция ылыныллыбыт
🇧🇮 Бурунди — Өрөспүүбүлүкэ күнэ
🇹🇱 Илин Тимор — Тутулуга суох буолуу күнэ (1975)
🇮🇷 Ираан — Байыаннай байҕал флотун күнэ
🇲🇷 Мауритания — Тутулуга суох буолуу күнэ (Францияттан, 1960)[2].
🇵🇦 Панаама — Тутулуга суох буолуу күнэ (Испанияттан, 1821)[3]
🇷🇴 Румыния — Буковина күнэ. 1918 сыллаахха бу күн Буковина олохтоохторун сийиэһэ Румынияҕа холбоһор туһунан быһаарбыт
🔸 Удмуртия — Аан дойдуга Удмурт тылын күнэ. 2018 сыллаахтан бэлиэтэнэр.
🇬🇧 Улуу Британия, Бедфодшир графство — Бедфордшир күнэ. Джон Буньян төрөөбүт күнүгэр бэлиэтэнэр
🇹🇩 Чад — Өрөспүүбүлүкэ күнэ
🇯🇵 Япония — Хоонко. Буддизм Япониятааҕы салаата Дзёдо Синсю (шин буддизм) бу күн бэйэтин олохтооччутун Синран Шонины ахтар.
🔹 1893 — Саҥа Зеландияҕа аан дойдуга бастакыннан дьахталлар бүтүн дойдутааҕы быыбарга кыттыбыттар.
🔹 1908 — АрассыыйаҕаАмур өрүһүн флотилията тэриллибит.
🔹 1917 — Эстония провинциятын мунньаҕа Эстония сувереннай дойду буоларын биллэрбит.
🔹 1925 — Турцияҕа "Бэргэһэ сокуона" олоххо киирбит, уруккулуу тюрбан уонна феска кэтиитэ бобуллубут, бары арҕааҥҥылыы сэлээппэ кэтиэхтээх буолбуттар. Ататүрк реформаларыттан "бэргэһэ сокуона" саамай улахан утарсыыны көрсүбүт. Ол эрээри сокуон 2014 сыллаахха биирдэ көтүрүллүбүтэ.
🔹 1943 — Аан дойду иккис сэриитин кэмигэр Сталинградтааҕы кыргыһыы түмүгэ биллибитин кэннэ Тегераннааҕы конференция саҕаламмыт. Тегераҥҥа баһылыктар бастакытын көрсүбүттэр уонна сэрии стратегиятын туһунан сүбэлэспиттэр.
🔹 1946 — Саха АССР Миниистирдэрин Сэбиэтэ "Ньурбаҕа нефтебаза тэрийэр туһунан" уураах ылыммыт.
🔹 2001 — Дьокуускайга быыбар айдаана. Бэрэсидьиэҥҥэ турбут хандьыдааттарга үлэлиир Москубаттан сылдьар пиарщиктары борукуратуура доппуруостуур.
🔹 2006 — Арассыыйа бэрэсидьиэнэ Владимир ПутинВячеслав Штырову салгыы иккис болдьоҕор өрөспүүбүлүкэ бэрэсидьиэнинэн аныырга Ил Түмэҥҥэ этии киллэрбит.
🔹 2017 — Дьокуускайга ГРЭС-2 бастакы уочарата үлэҕэ киирбит.
🔹 Бүгүн ахтыллар дьон:
Төрөөбүттэр:
▫️1914 — Марк Слепцов (16.06.1989 өлб.) — Саха АССР норуодунай артыыһа (1955), РСФСР норуодунай артыыһа (1972).
▫️1915 — Анна Егорова — саха биллиилээх ырыаһыта, саха оператын бастакы үөрэхтээх режиссера, Саха АССР норуодунай артыыһа (1957), РСФСР норуодунай артыыһа (1958), Таатта улууһун Ытык олохтооҕо.
▫️1951 — Андрей Борисов — ил уонна култуура диэйэтэлэ, режиссер.
🔹 Манна сиһилии көрүөххэ сөп.
Сэҥээриктэ тал:
🕊 – өскөтө урут истибэтэххин аахпыт буоллаххына
🔥 – урут истибиккин санаппыт буоллахпытына
👍🏻 – көннөрү сөбүлээбиккин биллэрэн
Биики Халандаар | Сурут | Ырыт
🕊3👍1🔥1
«Михаил Светлов» дьиҥнээх кистэлэҥэ уонна Никулин ийэтигэр суруга
«Бриллиантовая рука» киинэҕэ «Михаил Светлов» диэн теплоход оруолун «Россия» диэн дизель-электроход "толорбута".
Режиссёр Леонид Гайдай хараабылы фронтовой байыаннай корреспондент, бэйиэт Михаил Светлов чиэһигэр ааттаабыта.
«Россия» теплоход 1938 сыллаахха Германияҕа Patria диэн аатынан тутуллубута. Аан дойду иккис сэриитин кэнниттэн репарация быһыытынан ССРС-ка бэриллибитэ.
Юрий Никулин ийэтигэр суругуттан
1968 с., бэс ыйын 20 күнэ.
Дьиктитэ диэн, улуу эбэбит устун дьону Өлүөнэ турууктарыгар таһар «Михаил Светлов» теплоход Австрияҕа Корнойбург куоракка тутуллубута (1985 сыллаахха), ол аата икки «Михаил Светлову» иккиэннэрин ньиэмэстэр туппут буолан тахсаллар (Австрияҕа/Österreich сүнньүнэн ньиэмэстэр олороллор). Оттон Гитлер Австрияҕа (ол саҕана Австро-Венгрия) төрөөбүтүн билэргит буолуо, 1932 сыллаахха эрэ Германия гражданствотын ылбыта.
Биики Халандаар | Сурут | Ырыт
«Бриллиантовая рука» киинэҕэ «Михаил Светлов» диэн теплоход оруолун «Россия» диэн дизель-электроход "толорбута".
Режиссёр Леонид Гайдай хараабылы фронтовой байыаннай корреспондент, бэйиэт Михаил Светлов чиэһигэр ааттаабыта.
«Россия» теплоход 1938 сыллаахха Германияҕа Patria диэн аатынан тутуллубута. Аан дойду иккис сэриитин кэнниттэн репарация быһыытынан ССРС-ка бэриллибитэ.
Юрий Никулин ийэтигэр суругуттан
1968 с., бэс ыйын 20 күнэ.
Бэҕэһээ күнү быһа Сочига үс хонукка кэлбит «Россия» теплоходка (киинэбитин) уһуллубут. Уустук эпизоду – Граф ырыатын уһуллубут. Граф оруолун Миронов оонньуур (Миронова уонна Менакер уоллара). Эр бэрдэ. Наһаа үчүгэйдик ыллыыр, хамсанар уонна уопсайынан наһаа үчүгэй артыыс. «Россия» – сүдү хараабыл. Гитлер урукку тус бэйэтин теплохода. Барыта монументальнай. Каютата кыһыл мас курдук оҥоһуллубут, уонна уопсайынан барыта шикарнай. Онно эбиэттээбиппит.
Дьиктитэ диэн, улуу эбэбит устун дьону Өлүөнэ турууктарыгар таһар «Михаил Светлов» теплоход Австрияҕа Корнойбург куоракка тутуллубута (1985 сыллаахха), ол аата икки «Михаил Светлову» иккиэннэрин ньиэмэстэр туппут буолан тахсаллар (Австрияҕа/Österreich сүнньүнэн ньиэмэстэр олороллор). Оттон Гитлер Австрияҕа (ол саҕана Австро-Венгрия) төрөөбүтүн билэргит буолуо, 1932 сыллаахха эрэ Германия гражданствотын ылбыта.
Биики Халандаар | Сурут | Ырыт
Wikipedia
Аан дойду иккис сэриитэ
Аан дойду иккис сэриитэ — 1939 сыллаахха балаҕан ыйын 1 күнүттэн саҕаланан баран 1945 сыллаахха бүппүт аан дойду үгүс дойдуларын хаппыт сэрии. ССРС бу сэриигэ 1941 сыллаахха бэс ыйын 22 күнүгэр киниэхэ Германия саба түспүтүн кэннэ киирбитэ.
🔥5
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
УэлькальТаптал. Толук. Туора омук...
Эстэрээдэ тыйаатырын туруоруутугар омукка ойох тахсыы, таптал туһугар бэйэни умнуу, кыра ахсааннаах омук симэлийэр дьылҕата көстөр...
❤1👏1
Ырыа, үҥкүү, сэһэн...
Омук дьылҕата...
Үйэлэр хоруйдаабатах таабырыннара. Чукча уола "эн оноҕоһуҥ кыыс сүрэҕэр ордук чугас түспүт" диэн нууччаҕа туораан биэриэ дуо?
Ким толук барыай? Лүөччүк? Кыыс? Уол? Омук?
Омук дьылҕата...
Үйэлэр хоруйдаабатах таабырыннара. Чукча уола "эн оноҕоһуҥ кыыс сүрэҕэр ордук чугас түспүт" диэн нууччаҕа туораан биэриэ дуо?
Ким толук барыай? Лүөччүк? Кыыс? Уол? Омук?
👏3🙏1